Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение
«Детский сад №4 «Сырдах» ГО город «Якутск»
«Ийэ кунэ»
Аралдьыйыы сценарийа
Бэлэмнэнии белех «Сардаана»
Иитээччилэр: М.П.Попова
С.И. Попова
Музыкальный руководитель В.М.Куприянова
2021
Сыала: О5олорго Ийэ кунун туьунан ейдебулу уескэтии, ийэ5э тапталы уонна убаастабылы инэрии.
Соруга: Россия урдунэн Ийэ кунэ бэлиэтэнэрин ейдетуу, ийэ5э тапталы,убаастабылы инэрии, Бырааьынньыктан уерууну,дуоьуйууну ,уерууну ылыныы,иитии.
Ыытааччы:
Бытаан, на5ыл музыка тыаьыыр, о5олор киирэн ункуулээн бараллар.
Ункуу «Ийэ мичээрэ»
Ведущий:
Кун курдук мичээрдээх,
Сып-сылаас илиилээх,
Нап-намыын сурэхтээх, уоскутар алыптаах.
Тоойуом диэн тыллаах
Амарах дууьалаах
Комускэс санаалаах
Сымна5ас майгылаах
— Ити барыта биьиги кунду ийэлэрбит. Эьигини баргытын ийэлэр куннэринэн итиитик-истинник э5эрдэлиибит! Ба5арабыт эьиэхэ кытаанах доруобуйаны, уьун дьоллоох оло5у, улэ5итигэр ситиьиилэри уонна бары учугэйи, кэрэни.
О5олор:
— Элбэх да сулус ыраас халлаанна! Данил
— Сколько колосков в полях! Айсен А.
— Куорэгэй чыычаах ырыата нарынын! Милана
— Сколько листьев на ветвях! Ариан
— Бу ыраас сиргэ биир эрэ кун тыгар! Ваня
— Только мама одна на свете! Дима
Ведущий:
— Саха Республикатын Президенын укааьынан 1993 сылтан алтынньы уьус баскыьыанньатыгар Саха сиригэр Ийэ кунэ бэлиэтэнэр.
— День матерей России был установлен Указом Президента РФ в 1998 году и отмечается в последнее воскресенье ноября. О маме можно говорить всегда и вечно, не уставая никогда. Так давайте посвятим наш сегодняшний праздник ей, и все слова любви и нежности мы будем говорить не только сейчас, но и всю свою жизнь.
— Ийэ, кун ийэ — биьиги олохпут, дьолбут, кини сылаас мичээрэ биьигини угуттуур, кини ыраас, сырдык моссуонэ биьигини уордэр. Валерия
— Мама — самое дорогое и ценное, что может быть на земле. Юля
— Ийэ-оруу истин, кэрэ, кун уотуттан мэлдьи кунду! Денис
— На земле хороших людей немало,
Сердечных людей немало,
И все-таки лучше всех на земле — мама,
Моя мама! (Р. Рождественский) Юра
Монтаж
Ийэ5ин харыстаа. С. Тимофеев
Атаахтатар, уорэтэр,
Амарах сурэхтээх ийэккэн.
Аан дойдуну ититэр
Аламай куннэ эрэ тэн. Денис
Учугэй киьи буоларгар
Оруу кини кыьанар,
Арыт-арыт мохтор да,
Атаас, иьигэр аьынар. Милана
Аччыктыа5а о5ом диэн
Араас аьынан аьатар.
Сыллаан-уураан киэьээтин,
Сылаас оронно утутар. Богдан
Тахсан буорга киртиппит
Танаскын оруу сууйар.
Сытыа5ын да ба5ардар,
Сылайан, хойут утуйар. Айаал
Ыарыйдаххына кини эрэ
Ыксыа, ытыа, айманыа.
Тууну быьа арахпакка
Таскар олорон ыарыылыа. Диана
Мэниккин уонна аны
Киртийбит да бэйэ5ин
Таьыйда5ына да5аны,
Таптыыр эбээт эйигин. Ваня
Ийэ диэн кунду киьи,
Киниэхэ тэннээх ким баарый?
Ийэ диэн кун киьи,
Кинини оруу харыстаарыый! Афоня
Ырыа «Ийэ5ин хомотума» Сабыйа тыл, Эрхаан муз.
Оонньуу, Ийэлэрбитин теье билэбитий?
-Ийэлэргит толору ааттара.(Араспаанньата, аата,а5атын аата)
-Ийэлэргит улэлиир сирдэрэ?
-Ийэлэргит эьиги тугу гынаххытына уерэллэрий?
— Ийэлэргит эьиги тугу гынаххытына хомойоллоруй?
— Ийэлэргит себулуур астара.
-Ийэлэргит эьигини таптаан ааттыыр ааттара?
Ийэттэн ордук кунду
Ким баарый бу сиргэ?
Арылхай сырдык куну
Ким эйиэхэ кордоруой?
Кун кубэй ийэ. Данил
Ийэттэн ордук эйиигин
Ким истиэй субэлиэй?
Истин иьирэх тыллары
Ким эйиэхэ этиэй?
Кунду ийэ. Долун
Ийэттэн ордук эйиэхэ
Ким кыьаллыай, ойдуой
Кини курдук куруутун
Ким эйиигин комускуой?
Комус ийэ. Айтал
Ийэттэнордук киьини
Эн булуон суо5а бу сиргэ
Ийэни эн таптаа!
Ийэни эн харыстаа! Айсен С.
Песня «Мама-первое слово» муз.Ж.Бурнов, слова Ю.Энтин
Ыытааччы: о5олор, Ийэлэрбит тугу гыналларын себулууллэрий?
-Ас астыылларын.
Билигин аска аналлаах ыйытыыларга эппиэттиэхпит.
-Машенька уонна ус эьэ остуоруйа5а Маша тугу сиирий? (Хааьы)
-Миини кытардар ас?(субуекулэ)
-Бэйэбин сиэбэтэллэр да, миигинэ суох аьаабаттар? (туус)
-Ыьыах кунду аьа? (кымыс)
-Винни пух себулуураьа? (мует)
-Ханнык аьылыгы устэ туустуубутуй? (пельмень)
-Ууттэн ханнык астары оноруохха себуй? (арыы,творог,суорат.йогурт,кефир)
-Куерчэ5и тугунан ытыйалларый? (ытык)
Ыытааччы: Ийэ, ийэккээ, маама, мамочка. Ийэ диэн тыл араас омукка кэрэтик иьиллэр. Билигин биьиги о5олорбут сахалыы, нууччалыы уонна английскай тылларынан хоьоон аа5ан, ырыа ыллаан, ункуулээн аан дойду ийэлэрин э5эрдэлиэхтэрэ.
Кто может быть дороже мамы?!
Кто свет и радость нам несёт?!
Когда больны мы и упрямы,
Кто пожалеет и спасёт?! Мама дорогая. Айсен А.
Следит за домом и бюджетом,
Уютом, модой, чистотой
Лихой зимой и жарким летом,
Легко справляясь с суетой?! Мама родная. Юля
Украсит будни вечерами,
А к празднику накроет стол!
Спасибо беспокойной маме,
Никто из нас ни сыр, ни гол. Дима
Простое слово. Игорь Мазнин
На свете
Добрых слов
Живет немало,
Но всех добрее
И нежней одно –
Из двух слогов
Простое слово «МА-МА»,
И нету слов
Роднее, чем оно! Федя
Как хорошо когда есть мама
Ее улыбка-так чудесна,
Когда она всегда с нами
Друзья, ведь это так прелестно! Сайаана
Она лишь доброму всему нас учит
И так спокойно , тихо, нежно
О, как она всех нас так любит
Так как никто, и так безбрежно! Айар
Люблю, тебя моя родная,
Как хорошо когда ты рядом,
Со мною будь, ты дорогая,
И больше ничего не надо. Артем
Он ё спешел дей
Зе сан шайнс брайтли
Хие, зие, энд эвриуэ
Раунд зе уорлд. Сайаана
Май мам, ши’з зэ бест,
Фром хё хэд ту хё тоуз.
Ши’з уом энд ши’з софт,
Смелинг суит лайк э роуз. Валерия
Ю фид ми энд нид ми
Ту тич ю ту плей
Соу смайл бикоз ай лав ю,
Он зис мазес дэй! Юра
Мам, ай лав ю
Фо ол зэт ю ду.
Айл хаг ю энд кис ю
Бикоз ю лав ми ту! Ариан
Ырыа «I love my mommy»
Ункуу «Трио»
«О5о саадым» Л.Иванова музыката,тыла
Ведущий: Ып-ыраас санаалаах, кун тэнэ бэйэтэ сымна5ас дууьалаах, сибэкки кэриэтэ нап-намыын кыталык курдук, суьумнуур сулус курдук кунду ийэлэрбитин бу кэрэ бырааьынньыгынан ессе тегул э5эрдэлиибит, чэгиэн-чэбдик буолун!
Ийэ күнүгэр аналлаах аралдьыйыы сценарийа
Музыка тыаһыыр, о5олор иккилии буолан сиэттиһэн киирэн олоппосторго олороллор.
Ыытааччы: Үтүө күнүнэн күндү о5олор, ийэлэр, эйэ5эс эбээлэр! Биһиги бүгүн ийэлэр күннэрин бэлиэтээри муһуннубут.
Ийэттэн са5аланар киһи төрдө, аал уот, алаһа дьиэ. Кинини кытта биһиги саамай истиң, сырдык иэйиилэрбитин ситимниибит. Ийэбит мөссүөнүн хас биирдиибит сүрэхпитигэр илдьэ сылдьабыт. Ийэбит күүстээх тапталын уонна кыһамньытын уурбутун хаһан да умнуо суохтаахпыт.
Күндүтүк саныыр, күн күбэй ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр анааммыт «Ийэ күнэ» диэн ырыаны ыллаан иһитиннэриэхтэрэ.
Ыытааччы: Тус Хоту олохтоох
Олонхо дойдулаах,
Оһуохай ырыалаах
Сахалар биһиги
Үрдүктэн ситимнээх
Сайа5ас санаалаах
Омуктар буолабыт.
Күн тэңэ киһини
Ийэни чиэстиибит
Күн сирин кэрэтэ
«Ийэ» баар дэһэбит.
Хоһооннор.
Оонньуу: «Куолаһынан, о5о5ун таай»
Ыытааччы: о5олоргут куолаһын эһиги, ийэлэр, кыра эрдэхтэриттэн көрбүт-истибит дьон олох эндэппэккэ билэр буолуохтааххыт. (ийэлэр о5олоругар көхсүлэринэн биир эрээтинэн олороллор).
Билигин эһиги о5олоргут «ийээ» диэн саңарыахтара, ону эһиги, ким о5ото буоларын таайыахтааххыт.
Дьэ, маладьыастар, бары сөпкө таайдыгыт.
Ыытааччы: күһүммүтүн, ийэлэр күннэрэ, күһүңңү дэнэрин быһыытынан, ахтан-санаан ааһыа5ың.
Ырыа: «Барыбыт ийэлээхпит» – бары.
Ыытааччы: Чээлэй күөх сибэкки
Кэрэтин талан
Ийэбэр бэлэхтиэм
Истиңник иэйиэм
Ийэкэм барахсан
Мин биэрбит бэлэхпин
Сүрэ5эр тутуо.
Хоһооннор.
Ыытааччы: Кыыс о5о барахсан
Кыталык курдук
Нарын-намчы
Биһиги кыргыттарбыт
Күн күбэй ийэлэригэр анаан
Үнкүүлээн көрдөрүөхтэрэ
Ыытааччы: билигин аны таабырынна таайсыа5ың.
1. Быалаах шариктары
Мээрэйдиэххитин ба5ара5ыт дуо?
Кинилэр наһаа үчүгэйдэр
Ийэ5ит шкатулкатыгар сыталлар (о5уруолар).
2. Кустук араас өңүнэн
Күлүмүрдүү оонньуур
Ийэ кулгаа5ар иилинэр
Кыраһыабай киэргэл (ытар5а)
3. Кини кытыытын
Хонуута дииллэр
Онно сибэккилээх
Төбө5ө кэтиллэр
Ийэ5э баар дииллэр (сэлээппэ).
4. Уу кутуллан
Оһоххо ууруллар
Тумустаах, тутаахтаах
Аһыырга остуолга
Хайаан да ууруллар (чаанньык).
5. Күнүһүн эбиэккэ
Тэриэлкэ5э кутуллан
Бастакынан иһиллэр
Ийэ буһарбат аһа (миин)
6. Ырбаахыны, бүрүүкэни
Имиллибитин көннөрөр
Дьиэ5э-уокка туһалаах
Эрэллээх до5ор (өтүүк).
7. Көбүөрү, диваны
Түргэнник ыраастыыр
Уһун шланга муннулаах
Быылы барытын оборор
Ийэ5э көмөлөөх (пылесос).
Хоһоон
Ырыа: «Ийэм миэнэ кыраһыабай» – кыргыттар.
«Мастер-класстар»:
1. «Капкейк киэргэтии»,
2. уолаттарга аппликация,
3. аппликация «Ийэ5э бэлэх» ,
4. «Фоторамканы киэргэтии» ,
5. «Баттах өрүү».
Ийэлэри кытары уңкүү.
Бэлэх туттарыы, хаартыска5а түһүү.
Ыытааччы: Биһиги ийэлэрбитин наһаа таптыыбыт, ийэ- саамай чугас, күн курдук киһи буолар. Эһиги баар буолаңңыт – олох сала5анар, таптал уонна махтал ананнын эһиэхэ.
Ба5арабыт эһиэхэ бар5а махтал тылларынан, сахабыт сирин алмааһыныы кытаанах бигэ доруобуйаны, сырдык ыраас тапталы, саппа5ырбат ыра санааны, үөрүү-көтүү аргыстаах уһун үйэлээх дьоллоох оло5у.
Ийэ кунугэр аналлаах утренник сценарийа.
Улахан белех «Любознайки»
Зал иьэ бырааьынньыктыы киэргэммит, музыка тыаьынан о5олор хааман киирэллэр, полукруг тураллар.
Вед.1 Утуо кунунэн кунду ийэлэрбит,эбэлэрбит уонна кэрэчээн кыргыттарбыт! Маннайгы сааскы бырааьынньыгынан Кэрэ куолары, Далбар Хотуттары барыгытын итиитик – истинник э5эрдэлиибит!
Вед.2 Кулун тутар 8 кунэ
Кэрэ анаар дьоро кунэ
Сааскы куннуун аргыстаьан,
Тиийэн кэллэ ча5ылыйан!
Уоруу-котуу бу куннэ, эьиэхэ тиийиэхтин, ил, эйэ дьиэ5итин толору дьоллоотун!
Вед.1 Бугун биьиги о5олорбут кунду ийэлэрин э5эрдэлии уердэ-кетутэ кэллилэр. Ырыа «Ийэ кунэ»
Вед.2 Хоьоон аа5ан ийэлэрин э5эрдэлииллэр – Павлик, Богдан, Эвелина, Саян «Ийэ мичээрэ»
Вед.1 Биьиги кэрэчээн кыргыттарбыт кунду ийэлэрин, эбээлэрин э5эрдэлииллэр уонна «……………. ункууну» бэлэхтииллэр.
Вед2 Бу бугун ийэлэр эрэ куннэрэ буолбатах, эбээлэр эмиэ эмиэ куннэрэ. Эбээлэрин э5эрдэлээн хоьоон аа5ан иьитиннэриэхтэрэ Сарыал, П.Марк, Руслан «Поздравления бабушке»
Вед 1. Кунду -кемус ийэлэрин «О маме» диэн хоьоонунан э5эрдэлииллэр Арылхан, Денис, Илхан
Вед 2 Ийэлэригэр «Это мамин день» хооьону бэлэхтииллэр Тимур, Дархан, Маша
Вед1 О5олоор! Этин эрэ!
Саамай кунду киьигит кимий?
Ким эьигини таптаан сыллыырый?
Ким эьигини сарсыарда эрдэ туруорарый?
Ким эьиэхэ хааьы буьаран сиэтэрий?
Ким эьиги танаскытын сууйарый? Эьиги ийэ5ит, ийэ5ит барахсан. «Берегите маму» хоьоону ийэлэригэр аа5ан иьитиннэриэхтэрэ Лилия, Милена, Амгаяна.
Вед2 Оонньуу «Бэйэн о5о5ун бул» маамалар харахтарын саба баанан баран о5олорун булаллар.
Вед 1 Ийэлэрбит уонна о5олорбут «Фэмили лук» стилинан таннан кэлбиттэр. «О5о ийэтинээн» МОДА
Вед 2 Кун кубэй ийэлэригэр «Мин ийэм ырыата» диэн хоьоону бэлэхтииллэр Савушка, Эрсан, Айыы Куо, А.Марк
Вед1 «Я любимой мамочке» диэн хоьоонунан э5эрдэлииллэр Алиша, Никита, Артем.
Вед 2 «Ийэ барахсан» хоьоону бэлэхтииллэр Андрей, Семен, Амелия, Айаал
Вед1«Ийэм кэлиэн иннинэ» диэн ырыанан о5олорбут ийэлэрин э5эрдэлииллэр
Вед2 Оонньуу «Учугэй хаьаайка» Биьиги ийэлэрбит учугэй хаьаайкалар, ма5аьыынна сылдьаллар, сыананы барытын билэллэр. Билигин блиц-турнир!
Буханка килиэп сыаната хаьый? (____р.)
Биир киилэ эт сыаната?(___р)
Киилэ уут сыаната? (___р)
О5о пюретэ? (___р)
Киилэ бурдук сыаната?(___р.)
Киилэ саахар сыаната? (___р.)
10 сымыыт сыаната? (___р)
Блиц-турнир кыайыылаа5ар бириис туттарыы.
Вед1Ийэлэргэ дьиэ5э онорон а5алалларыгар задания бэриллибитэ «Остуолга эбэтэр муоста5а олорон оонньуур оонньуу эбэтэр оонньуурдар» (Тумук таьаарыы, сертификаттары туттарыы)
Вед2 Флеш-моб «О5о ийэтинээн»
Вед1 Биьиги о5олорбут, кунду ийэлэрин ийэ кунунэн итиитик-истинник ырыанан, хоьоонунан, ункуунэн э5эрдэлээтилэр, билигин бэйэлэрэ онорбут кунду бэлэхтэрин ийэлэригэр туттарыахтара. (бары ийэлэригэр суурэллэр)
«Мин ийэбинээн» хаартыска5а туьуу.
Свидетельство о регистрации СМИ ЭЛ №ФС 77-67981 от 06.12.2016
Меню
Закрыть
Ийэ күнүгэр аналлаах сценарий “Ийэ сылаас мичээрэ”
Ийэ күнүгэр аналлаах сценарий “Ийэ сылаас мичээрэ”
- Запись опубликована:12.01.2022
Горохова Ирина Аэроплановна, алын сүһүөх кылаас учуутала, Чөрүмчэ алын оскуолата, Үөһээ дьааҥы улууһа, Чөрүмчэ сэл.
Скачать (DOCX, 19KB)
Вам также может понравиться
Дидактические игры «Тииҥ мэйии» для дошкольников
08.02.2022
НОД “Знакомство с игрой “Сонор” посредством якутской сказки “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” для детей 4-5 лет”
21.10.2021
Отчет о месячнике к международному дню школьных библиотек
26.11.2018
Улахан кылаастарга ийэ күнүгэр аналлаах сценарий
( ыыталлар Ньургун уонна Виолетта)
Ньургун:
Ийээ, эн олус да күндүгүн,
Ийээ, эн сэбэрэҥ кэрэтиэн, эн баар буолаҥҥын мин баарбын,
Эйигинэ суох олох суоҕун кэриэтэ.
Вита:
Ийээ, эн илииҥ сылааһыан,
Ийээ, эн сүрэҕиҥ истиҥиэн,
Эн миигин үрдүккэ угуйаҕын,
Эн миигин куруутун харыстыыгын.
Ньургун: Дьэ, кырдьык даҕаны ийэҕэ махталбыт, ийэлэрбитигэр тапталбыт муҥура суох.
Ийэлэргэ анаан төһөлөөх элбэх хоһоон, ырыа суруллубута буолуой…Сылаастан сылаас,
истиҥ иһирэх тыллардаах Александр Самсонов –Айыы уола тылларыгар уонна
матыыбыгар “Ийэбэр» диэн ырыаны тохсус кылаас оҕолорун толорууларыгар
истиэххэйиҥ. ( 9 кылаастар эҕэрдэлииллэр)
Вита: Ньургун, мин ийэбин наһаа да аҕынным…(санаарҕаабыттыы мичээрдиир)
Ньургун: Оннук, ийэҕиттэн ыраах сылдьар ыарахан бөҕө буо.Оскуолаттан киэһэ дьиэбэр
тиэтэйэн хойут тиийдэхпинэ, ийэм барахсан үөрэ –көтө, мип – минньигэс астаах
көрсөрүттэн үчүгэй туох да суох.
Вита:
Мин күбэй, мин ийэккэм,
Олуһун да аҕынным
Аптаах түөһүҥ сылааһын,
Сүрдээҕин да суохтаатым
Сүрэҕиҥ тэбэр, тэбэр тыаһын.
Ньургун: Итинник истиҥ иһирэх тыллардаах “Ийэ баар бу сиргэ» диэн ырыаны онус
кылаастар толоруохтара. ( 10 кылаастар эҕэрдэлииллэр) Вита: Ньургун, сотору оскуоланы бүтэрэн бараргыт чугаһаабыт дии.
Ньургун: Чугаһаан, сотору кэминэн устудьуоннуу барыахпыт, онтон үлэһит буолан, алаһа
дьиэни тэринэн, ыал аҕата, ийэтэ буолуохпут. Ол эрээри ханна да, хаһан да буолларбыт
ийэбит сылаас тапталын хаһан да умнуохпут суоҕа.
Үчүгэйдик үөрэнэн, үлэһит киһи буолан, туһаны эрэ аҕалларбыт – бу биһиги эһиэхэ
тапталбыт, махталбыт туоһута буолуо этэ. Оччоҕо биһиги бу сир үрдүгэр саамай дьоллоох
киһилэрбит дэниэ этибит.
Вита: Бэйэлэрин э5эрдэлэрин, ийэлэригэр махтанан туран тиэрдэллэр уон биирис кылаас
үөрэнээччилэрэ. ( 11 кылаастар эҕэрдэлииллэр)
Ньургун: Күндү ийэлэрбитигэр өссө төгүл махтанан туран баҕа саннаабытын этиэхпит:
Баҕарабын аал уотуҥ
Өссө күүскэ күөдьүйүөн,
Аймах – билэ бар дьоҥҥун
Аан аһаҕас көрсүһүөн.
Баҕарабын эн дьиэҕин
Куруук үөрүү толордун,
Кутурҕан тэлгэһэҕэр
Туораабакка ааһыахтын
Вита:
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни
Төлөннөөх сир баайын
Таптыаҕыҥ ийэни!
Ньургун:
Манан биһиги ийэ күнүгэр аналлаах ырыа күрэҕин түмүктүүбүт. Дьүүллүүр сүбэ бэйэтин
түмүгүн таһаарыаҕа.